Быйыл дьыл эрдэлээн, сир эрдэ харааран сир үлэһиттэригэр куһаҕана суох дьыл иһэр чинчилээх. Онон хаһаайыстыбалар ыһыы үлэтигэр күргүөмнээхтик киирээри бэлэмнэнэллэр. Улуус үрдүнэн уопсайа 2303,2 гаа бааһынаҕа ыһыы үлэлэрэ барыахтара.
Кэлин кэмҥэ туорахтаах культура ыһыытынан дьарыктанар хаһаайыстыба аҕыйаан иһэр. Ааспыт сылларга халаан уута мэһэйдээн, ыһыы иэнэ улаханнык кыараата, ону ааһан ыһыллыбыт бааһыналар ууга бараннар, элбэх бааһына ыһыыта ууга баттатан үүммэтэх түгэннэрэ эмиэ баар. Быйыл улуус үрдүнэн 420 гааҕа туорахтаах культура ыһыллыаҕа. Итинтэн 200-түү гаатын «Хочо» уонна «Уолба» кооперативтар, 20 гаатын «Хоту» бааһынай хаһаайыстыба ыһыахтара. Итини таһынан 1619 гааҕа сүөһү аһылыгар аналлаах культуралар ыһыылара баар. Итинтэн 590 гаатыгар элбэх сыллаах от ыһыллан сытар, быйыл онно эбии 84 гаа ыһыллыаҕа. Итинтэн хаалбыт 945 гаатыгар сиилэстэнэр, сенажтанар культуралар ыһыллыахтара.
Улуу араас көрүҥнээх хаһаайыстыбалара 224,5 гааҕа хортуоппуй, 39,7 гааҕа хаппыыста уонна атын бытархай оҕуруот астарын олордуохтара, 46765 кв. м теплицаҕа оҕуруот аһын үүннэриэхтэрэ.
Хаһаайыстыбалар сааскы ыһыы үлэлэригэр тэрээһиннээхтик киирэн, күн-дьыл хаамыытын көрө сылдьан, сииги куоттарбакка сири кичэйэн таҥастаан, үлэни-хамнаһы кэмигэр үмүрүтүөхтэрэ, быйыл сиртэн туруктаах үүнүүнү ылар туһугар үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Бэйэбит инф.